Бүгүн, муус устар 18 күнүгэр, Аллараа Бэстээхтээҕи култуура киинигэр Баһылай Манчаары аатынан фонда анал байыаннай дьайыыларга Дойдубут туһугар аахсыйанан хомуллубут үбү-харчыны нэһилиэнньэ иннигэр отчуоттуур мунньаҕа буолла.
Отчуоту улууспут баһылыга Дмитрий Тихонов иилээн-саҕалаан ыытта. Дойдубутун көмүскүү, эйэлээх, дьоллоох олох туһугар туруулаһа сылдьар эр санаалаах, хорсун буойуттарбытыгар, анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан күн бүгүҥҥэ диэри, араас кэмҥэ ким ас астаан, ким күннээҕи хамнаһын биэрэн, оҥоһук оҥорон, үп-харчы, мал-сал ыытан көмө буолбут үтүө санаалаах улууспут олохтоохторугар махтал тылын эттэ. Улууспут дьоно-сэргэтэ түмсэн, аахсыйаҕа көхтөөхтүк кыттыһан хомуйбут көмөбүт барыта тиэрдиллибитин иһитиннэрдэ.
Үтүө суобастаах үлэлэрин, анал байыаннай дьайыыларга баар биир дойдулаахтарбытыгар көмөнү хааччыйыыга тус кылаатын иһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников махтал суругунан биир кэлим дьуһуурунай диспетчерскэй сулууспа салайааччыта Афанасий Максимов, улуус баһылыгын махтал суругунан улуус Ытык сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Зиновий Игнатьев, 1-кы Наахара баһылыга Иннокентий Исаков, Мэҥэ нэһилиэгин баһылыга Александр Куприянов, 2-с Тыыллыма нэһилиэгин баһылыга Айсен Спиридонов, В.П. Уваров аатынан Олимпийскай эрэллэр оскуолаларын спорт национальнай көрүҥнэригэр инструктор Темир Сыдыкбеков наҕараадаланнылар.
Баһылай Манчаары аатынан фонда толорооччу дириэктэрэ Евдокия Иванова аахсыйанан киирбит үбү-харчыны отчуоттаата. Биир кэлим дежурнай диспетчерскэй сулууспа салайааччыта Афанасий Максимов анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөнү тиэрдээһин үлэтин билиһиннэрдэ.
Хабаровскай куоракка инники кирбииттэн эчэйэн, оһоллонон, ыалдьан эмтэнэ тиийэр биир дойдулаахтарбытыгар туох-ханнык көмө оҥоһулларын, уолаттар туруктарын амарах санаалаах волонтербут Алена Лебедкина иһитиннэрдэ.
Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, Аллараа Бэстээх М.Е. Попов аатынан оскуола учуутала Гаян Харлампьев байыастарга биир дойдулаахтарын өйөбүлэ хайдахтаах курдук күүс-көмө буоларын, сэниэ, эрэл эбэрин этэн туран махтал тылларын тириэртэ.
Отчуоттуур мунньах Аллараа Бэстээхтээҕи 2-с нүөмэрдээх оскуола 7 "а" кылаас үөрэнээччилэрин киһи сүргэтин көтөҕөр ырыаларынан түмүктэннэ.
Ийэ дойдубут көҥүлүн уонна тутулуга суох буолуутун туһугар, кырдьык иһин баҕа өттүнэн уонна быстах хомуурга ыҥырыллан барбыт эр санаалаах, хорсун буойуттарбытыгар, кинилэр дьиэ-кэргэттэригэр анаан ыытыллыбыт Дойдубут туһугар аахсыйаҕа кыттыспыт, күүс-көмө буолбут улууспут олохтоохторугар, тэрилтэлэргэ, уопсастыбанньыктарга, урбаанньыттарга барҕа махтал буолуохтун!
Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
Информационный сайт Нижний Бестях. Позиция редакции не всегда совпадает с точкой зрения авторов. При перепечатке текстов либо ином использовании текстовых материалов с настоящего сайта на иных ресурсах в сети Интернет гиперссылка на источник обязательна.
В титульной части сайта использованы фотографии Светланы Ивановой, лицензия CC-BY-SA-3.0