Рекламный баннер 990x90px ban1
92.86
103.41
Рекламный баннер 728x90px main1

ҮӨРЭНЭЭЧЧИЛЭРГЭ ОҔО БЫРААБЫГАР АНАЛЛААХ ТЭРЭЭҺИННЭР ЫЫТЫЛЫННЫЛАР

ҮӨРЭНЭЭЧЧИЛЭРГЭ ОҔО БЫРААБЫГАР АНАЛЛААХ ТЭРЭЭҺИННЭР ЫЫТЫЛЫННЫЛАР

Сэтинньи 21-24 күннэригэр Араассыйа үрдүнэн оҕолорго быраап өттүнэн көмөлөһүү күнүнэн улуустааҕы сокуоннай сааһын ситэ илик оҕолор дьыалаларыгар уонна бырааптарын көмүскүүр хамыыһыйа нэһилиэктэринэн үлэлээтэ.



Хамыыһыйа чилиэннэрэ кэрийэ сылдьан профилактическай учуокка турар дьиэ кэргэни кытта кэпсэтии үлэтин ыыттылар. Ону таһынан үөрэнээччилэргэ быраап тиэмэтигэр квест–оонньуу ыытылынна.

Хамыыһыйа барыта 29 ыалга сырытта, 38 төрөппүтү кытта профилактическай кэпсэтии ыытылынна.

Хамыыһыйа чилиэннэрэ биэс оскуолаҕа сырыттылар, онтон быраап тиэмэтигэр ыытыллыбыт квест-оонньууга уопсайа 187 сааһын ситэ илик оҕо кытынна.

Хамыыһыйаҕа ПДН инспектора, киин балыыһа педиатр бырааһа, Социальнай-реабилитационнай киин исписэлиистэрэ, Эппиэкэ уонна харалта салаатын начаалынньыга, исписэлиистэрэ, улуустааҕы социальной бэлиитикэ салалтатын исписэлиистэрэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын психологтара, сокуоннай сааһын ситэ илик оҕолор дьыалаларыгар уонна бырааптарын көмүскүүр улуус хамыыһыйатын эппиэттээх сэкирэтээрэ үлэлээтилэр.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

464

Оставить сообщение:

Рекламный баннер 728x90px main2
Рекламный баннер 240x200px right1
Рекламный баннер 240x200px right2
Рекламный баннер 240x200px right3