Рекламный баннер 990x90px ban1
92.58
103.38
Рекламный баннер 728x90px main1

БАҺААРТАН СЭРЭХТЭЭХ БУОЛУОҔУҤ!

БАҺААРТАН СЭРЭХТЭЭХ БУОЛУОҔУҤ!
БАҺААРТАН СЭРЭХТЭЭХ БУОЛУОҔУҤ!

Муус устар 27 күнүттэн бэс ыйын 1 күнүгэр диэри улууспут үрдүнэн баһаартан сэрэхтээх буолуу ыйа ыытыллар.

Улууспут олохтоохторун уонна ыалдьыттарын, умулларыллыбакка быраҕыллыбыт табаах, көрүүтэ суох хаалбыт кутаа улахан баһаарга тиэрдэр кутталлаахтарын санатабыт. Ону тэҥэ улахан хоромньуну өрт уота үөскэтэр. Онон тэлгэһэҕэ да, ходуһаҕа да сэтиэнэх оту өртүүр бобуллар.

Баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын санатабыт:

- Ойуурга кутааны оттор, түптэлиир, табахтааһын булгуччу бобуллар;

- Бытыылканы, өстүөкүлэ үлтүркэйин быраҕымаҥ;

- Бөҕү-сыыһы уматымаҥ, хаалларымаҥ.

Уоту ыыппыт киһи административнай, холуобунай эппиэккэ тардылларын умнумаҥ!

Тыаҕа сылдьан буруону, уоту көрдөххүтүнэ 47-880, +7 965 998-06-04, 112 нүөмэрдэргэ эрийэҥҥит тута биллэриҥ!

Күөх тыабытын, айылҕабытын, олорор түөлбэбитин, дьиэбитин-уоппутун харыстыаҕыҥ!

Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

203

Оставить сообщение:

Рекламный баннер 728x90px main2
Рекламный баннер 240x200px right1
Рекламный баннер 240x200px right2
Рекламный баннер 240x200px right3