Рекламный баннер 990x90px header-top
84.34
95.87
Рекламный баннер 728x90px center-top

ДОЛЛУГА САҤА ОЛОРОР ДЬИЭ ҮӨРҮҮЛЭЭХ АРЫЛЛЫЫТА БУОЛЛА

ДОЛЛУГА САҤА ОЛОРОР ДЬИЭ ҮӨРҮҮЛЭЭХ АРЫЛЛЫЫТА БУОЛЛА

Бүгүн Доллу нэһилиэгэр Дойду президенэ Владимир Путин олохтообут "Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү" бырагырааманан саҥа таас дьиэни олохтоохторго үөрүүлээхтик арыйдыбыт.

Ыраас ыралара туолан, саҥа кыбартыыра күлүүһүн туппут ыалларбыт үөрүүлэрэ үгүс.

Эбийиэги Владислав Ефремов салайааччылаах «Фаворит» ХЭТ аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир гына икки этээстээх, аҕыс кыбартыыралаах, толору хааччыллыылаах таас дьиэҕэ аҕыс ыал көһөн киириэхтэрэ.

Бу олус наадалаах бырагыраама үлэлээн, үгүс киһи сыллата саҥа кыбартыыранан хааччыллар. Дьон-сэргэ олоҕо тупсарыгар улахан болҕомто уурулларыгар дойдубут лиидэригэр Владимир Путиҥҥа, Ил Дархан Айсен Николаевка, Тутуу министиэристибэлэригэр, эт илиилэринэн тутан-хабан дьиэни туппут дьоммутугар махтанабыт!

Саҥа дьиэ олохтоохторун өссө төгүл эҕэрдэлиибит, алаһа дьиэҕит үгүс үөрүүнү, дьолу эрэ аҕаллын!

Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
78
Рекламный баннер 728x90px center-bottom
Поделитесь новостями с жителями города
Если Вы стали свидетелем аварии, пожара, необычного погодного явления, провала дороги или прорыва теплотрассы, сообщите об этом в ленте народных новостей. Загружайте фотографии через специальную форму.
Рекламный баннер 200x200px sidebar-right
Рекламный баннер 200x200px sidebar-right
Полезные ресурсы