Рекламный баннер 990x90px header-top
80.07
91.96
Рекламный баннер 728x90px center-top

Бүгүн тыыл, үлэ бэтэрээнэ, сэрии сылын оҕото, «Ийэ буолуу» 1, 2 истиэпэннээх мэтээл хаһаайката, Хорообут нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Александра Филипповна Семенова...

Бүгүн тыыл, үлэ бэтэрээнэ, сэрии сылын оҕото, «Ийэ буолуу» 1, 2 истиэпэннээх мэтээл хаһаайката, Хорообут нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Александра Филипповна Семенова үбүлүөйдээх 90 сааһын туолбутунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун үтүө үлэһит дьонун-сэргэтин, салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Александра Филипповна 1935 сыллаахха Мэлдьэхси нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Кыра сааһыттан колхуос, сопхуос араас үлэтигэр барытыгар улахан дьону кытта тэҥҥэ, толлубакка үлэлээбит, Кыайыыны уһансыбыт үтүө киһибитинэн буолар.

Александра Филипповна алта оҕо күн-күбэй ийэтэ, билигин 8 сиэн, 2 хос сиэн тапталлаах эбэтэ.

Сааһын тухары үлэни өрө тутан, улууспут, тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар үтүө суобастаахтык үлэлээн-хамсаан биир дойдулаахтарын махталларын, ытыктабылларын ылыан ылар.

Ытыктабыллаах Александра Филипповна! Сыралаах, таһаарыылаах үлэҕэр истиҥник махтанан туран, дьолу-соргуну, инникитин даҕаны кэнчээри ыччаккар үтүө тылгын иһитиннэрэ, сүбэ-ама буола тураргар баҕарабын! Тус бэйэҕэр уонна чугас дьоҥҥор чэгиэн туругу, этэҥҥэ буолууну, эйэлээх халлааны, бары үтүөнү!

57
Рекламный баннер 728x90px center-bottom
Поделитесь новостями с жителями города
Если Вы стали свидетелем аварии, пожара, необычного погодного явления, провала дороги или прорыва теплотрассы, сообщите об этом в ленте народных новостей. Загружайте фотографии через специальную форму.
Рекламный баннер 200x200px sidebar-right
Рекламный баннер 200x200px sidebar-right
Полезные ресурсы