Рекламный баннер 990x90px header-top
84.91
96.89
Рекламный баннер 728x90px center-top

ААРМЫЙАҔА СУЛУУСПАЛААБЫТ, БАЙЫАННАЙ ҮӨРЭҔИ БҮТЭРБИТ САППААСКА СЫЛДЬАР АРАССЫЫЙА ГРАЖДАННАРЫГАР 2023 СЫЛГА БАЙЫАННАЙ ҮӨРЭХХЭ ЫҤЫРЫЫ БИЛЛЭРИЛИННЭ

ААРМЫЙАҔА СУЛУУСПАЛААБЫТ, БАЙЫАННАЙ ҮӨРЭҔИ БҮТЭРБИТ САППААСКА СЫЛДЬАР АРАССЫЫЙА ГРАЖДАННАРЫГАР 2023 СЫЛГА БАЙЫАННАЙ ҮӨРЭХХЭ ЫҤЫРЫЫ БИЛЛЭРИЛИННЭ

Дойду президенэ Владимир Путин ыам ыйын 10 күнүгэр саппааска сылдьар байыаннай сулууспалаах Арассыыйа олохтоохторун үөрэх хомууругар ыҥырыы ыйааҕар илии баттаата.

Бу былаан быһыытынан ыытыллар байыаннай бэлэмнэнии резервистэргэ байыаннай үөрүйэхтэрин тупсарыыга ананар уонна сылын аайы ыытыллар буолар.

e29c85.png Ыҥырыыга кимнээх хапсалларый?

Саппааска сылдьар гражданиннарынан Арассыыйа аармыйатыгар сулууспалаабыттар, байыаннай үөрэҕи бүтэрбиттэр.

e29c85.png Ким ыҥырыыттан босхолоноруй?

Быраабы араҥалыыр уорганнар сулууспалааччылара, баһаары тохтотор сулууспа, таможня үлэһиттэрэ уонна

судаарыстыбаннай былаас уорганнарыттан бронь ылбыт үлэһиттэр,

авиацияҕа, тимир суолга, муора уонна өрүс флотун суудуналарыгар сулууспалааччылар.

Ону тэҥэ «Парламентская газета» иһитиннэрбитинэн, элбэх оҕолоохтор, сенатордар уонна сабылла илик суутунан буруйдаахтар эмиэ ыҥырыллыбаттар.

e29c85.png Сааһынан хааччахтар

Саппааска сылдьар олохтоохтор 23-тэриттэн үөһээ,

рядовойдар, сержаннар 35 саастарыгар диэри,

прапорщиктар, лейтенаннар 45 саастарыгар диэри диэн хааччахтааһын биллэриллибит.

e29c85.png Хомууру ааһыы бэрээдэгэ

Байыаннай хомуурга саппааска сылдьар дьон үс сылга биирдэ ыҥырыллыахтарын сөп.

Хомуурга сылдьыы уопсайа 12 ыйтан ордук буолбат.

Хомуур кэмигэр резервистэргэ үлэлэрин миэстэтэ хаалар, орто хамнастара төлөнөр уонна айаҥҥа бараммыт оросхуота толойуллар.

Бэбиэскэ туппут дьон ыҥырыллыбыт сиргэ икки суутка иһинэн баар буолаллара ирдэнэр.

Биричиинэтэ суох кэлбэт түгэннэригэр 500 - 3000 солкуобайга диэри ыстараап олохтонор.

Байыаннай хомууртан куотунуу иһин холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыы, хас киһи, төһө кэмҥэ хомуурга ыҥырыллалларын туһунан этиллибэтэх.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

23814
Рекламный баннер 728x90px center-bottom
Поделитесь новостями с жителями города
Если Вы стали свидетелем аварии, пожара, необычного погодного явления, провала дороги или прорыва теплотрассы, сообщите об этом в ленте народных новостей. Загружайте фотографии через специальную форму.
Рекламный баннер 200x200px sidebar-right
Рекламный баннер 200x200px sidebar-right
Полезные ресурсы