Рекламный баннер 990x90px header-top
84.91
96.89
Рекламный баннер 728x90px center-top

Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 4 күнүгэр, улууспутугар Сахатранснефтегаз АУо кылаабынай инженерин солбуйааччы Пётр Данилов, улуус баһылыгын тутуу боппуруостарыгар солбуйааччы Василий Филиппов.

Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 4 күнүгэр, улууспутугар «Сахатранснефтегаз» АУо кылаабынай инженерин солбуйааччы Пётр Данилов, улуус баһылыгын тутуу боппуруостарыгар солбуйааччы Василий Филиппов, «Сахатранснефтегаз» АУо улуустааҕы учаастагын начаалынньыга Анастасия Федорова гаас үлэтэ ыытылла турар нэһилиэктэргэ үлэ хаамыытын билистилэр.



Ол курдук, Хараттан 1-кы Тыыллыма нэһилиэгэр 14 килэмиэтир 400 миэтэрэ уһуҥҥа үрдүк күүрүүлээх гаас ситимэ тардыллыытын бэлэмнээн хоруу хаһыыта уонна гаас турбатын түһэрии үлэтэ бара турар. Бэдэрээтчит тэрилтэнэн «Ленагаз» ХЭТ үлэлиир.

Былаан быһыытынан нэһилиэккэ диэри гаас утаҕын тардыы бу күһүн түмүктэниэхтээх.

Алтан нэһилиэгэр «СайдыыСтрой» ХЭТ бэдэрээтчит тэрилтэ нэһилиэк иһигэр 12 килэмиэтир 600 миэтэрэ уһуннаах гаас турбата сир анныгар угуллуутун түмүктээн отпрессовка уонна холбооһуҥҥа бэлэмнээһин үлэлэрин ыыта сылдьар.

Гааһы дьиэлэргэ холбооһун балаҕан ыйын ортотугар былааннанар. Быйыл 111 дьиэҕэ күөх төлөн киириэхтээх.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

23339
Рекламный баннер 728x90px center-bottom
Поделитесь новостями с жителями города
Если Вы стали свидетелем аварии, пожара, необычного погодного явления, провала дороги или прорыва теплотрассы, сообщите об этом в ленте народных новостей. Загружайте фотографии через специальную форму.
Рекламный баннер 200x200px sidebar-right
Рекламный баннер 200x200px sidebar-right
Полезные ресурсы