Если Вы стали свидетелем аварии, пожара, необычного погодного явления, провала дороги или прорыва теплотрассы, сообщите об этом в ленте народных новостей. Загружайте фотографии через специальную форму.
Сыллата буоларын курдук, дьаҥ-дьаһах турар кэмигэр иҥэмтиэлээх сахалыы бэйэ аһын аһаан, доруобуйаҕытын көрүнэн, бириэмэтигэр анал идэлээх быраастарга көрдөрүнэн бэйҕитин эрдэттэн харыстаныҥ диэн сүбэлиибит.
Ититэр тэриллэри туттарга сэрэхтээх буолуҥ.
Дьиэҕитин-уоккутун, чугас дьоҥҥутун баһаартан харыстааҥҥыт АДПИ-та туруорунаргытыгар ыҥырабыт. АДПИ - баһаар турбутун тута сэрэтэр автономнай тэрил, көмөтө олус улахан. Холобур, бу тэрил эрдэ тыаһаабытын түмүгэр, баһаартан элбэх киһи быыһаммыта бэлиэтэнэр. Онон тустаах тэрили туруортарар ордук.
Тимир көлөнү кэмигэр өрөмүөннээн көрүнэ, оҥосто сылдьыҥ.
Суолга тохтоон турар массыынаны ааһа барымыахха, сатыы хааман иһэр дьоҥҥо көмөлөһүэххэ. Бэйэ-бэйэбитигэр, чугас дьоммутугар күүс-көмө, өйөбүл буолуоххайыҥ.
Ордук болҕомтону оҕолорго уонна саастаах дьоммутугар ууруоххайыҥ.