Аллараа Бэстээх Дьокуускай уонна Павловскай Хатас өрүһү туоруур кыһыҥҥы суолларынан айан-сырыы муус устар 15, 17 күннүттэн бобуллубута. Ол эрэн күн бүгүҥҥэ диэри быраабыланы кэһии тахса турар.
Ыам ыйын 3 күнүн туругунан, эриэйдэ кэмигэр 16 суоппарга быраабыланы кэһии боротокуола толоруллан, административнай дьыала оҥоһулунна.
Ытыктабыллаах улууспут олохтоохторо! Кутталлаах быһыы-майгы тахсыбатын инниттэн өрүс суолугар булгуччу киирбэккитигэр ыҥырабыт!
Санаттахха, Аллараа Бэстээх биэрэгэр бэрээдэги кэһиини сэрэтэр, сырыыны хонтуруоллуур сыалтан фотофиксатор турар. Бу фиксатор сууккаҕа 24 чаас тохтоло суох үлэлиир, быраабыланы кэһии тахсар түгэнигэр хаартыскаҕа түһэрэн, тута улуус административнай хамыыһыйатыгар ыытан, сокуон ирдэбилинэн сөптөөх миэрэ ылыллар.
Ыстараап кээмэйэ: чааһынай дьоҥҥо 3 000 - 5 000 солк., дуоһунастаах сирэйдэргэ 20 000 - 50 000 солк., юридическай сирэйдэргэ 100 000 - 1 мөл. солк. тиийэ ыстараап олохтонуон сөп.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата