Если Вы стали свидетелем аварии, пожара, необычного погодного явления, провала дороги или прорыва теплотрассы, сообщите об этом в ленте народных новостей. Загружайте фотографии через специальную форму.
Бүгүҥҥү күнтэн түргэн сырыылаах мотордаах лодкалар сыаналара үрдээн 1000 солкуобайга тэҥнэспит, сарсыарда 07:00 чаастан киэһэ 18:00 чааска диэри тохтоло суох сылдьаллар.
«Рукавишников» теплоходка бырайыас сыаната 400 солкуобай, оҕолорго 5 саастарыгар диэри босхо, 5-12 саастаахтарга 200 солкуобай,
Аллараа Бэстээхтэн 10:45, 16:00 чаастан,
Дьокуускайтан 09:00, 14:30 чаастан айанныыр.
«Ленатурфлот» хампаанньа салгын олбохтоох суудуналарын өҥөтүн сыаната 1000 солкуобай,
Аллараа Бэстээхтэн 09:50, 11:10, 12:40, 14:50, 16:30, 17:30,
Дьокуускайтан 09:15, 10:30, 11:50, 13:20, 16:00, 17:00 чаастан айанныыр.
«Аллараа Бэстээх – Дьокуускай – Аллараа Бэстээх» хайысханан билигин паромнар уларыйыыта суох күннэтэ сарсыарда 5:00 чаастан түүн 24:00 чааска диэри үлэлииллэр, тарыып үрдээһинэ бэлиэтэммэт.