Муус устар 1, 2 күннэригэр, Аллараа Бэстээх бөһүөлэгин Т.А. Пинегин аатынан Парус спорт уораҕайыгар 24-гэр диэри саастаах эдэр бөҕөстөргө көҥүл тустууга бүтүн Уһук Илин федеральнай уокуругу хабар биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһии буолан ааста.
Манна Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн, Хабаровскай кыраайтан, Бурятия Өрөспүүбүлүкэтиттэн, Еврейскай автономнай уобаластан 80-ча тустуу көрүҥүн баһылаабыт спортсменнар кэлэн илин-кэлин түһүстүлэр.
Мэҥэ Хаҥаластан Уйгулаан Иванов, Станислав Свинобоев, Василий Кириллин, Никита Хабаров, Николай Сивцев кытыннылар.
Икки нэдиэлэлээх хомуур, икки күннээх киирсии түмүгүнэн 10 ыйааһынтан Саха сирэ 7 кыһыл көмүс мэтээллэннэ.
Ыйааһыннарынан түмүк көрдөрүүтэ:
57 киилэҕэ: 1 Харысхал Григорьев (Саха сирэ), 2 Любомир Ашеин (Саха сирэ), 3 Кэскил Семенов (Саха сирэ) уонна Дархан Игнатьев (Саха сирэ).
61 киилэҕэ: 1 Александр Авелов (Саха сирэ), 2 Манчаары Ильинов (Саха сирэ), 3 Валентин Бурнашев (Саха сирэ) уонна Дамдин Цыренжапов (Бурятия).
65 киилэҕэ: 1 Борис Баршуев (Бурятия), 2 Петр Парников (Саха сирэ), 3 Гаврил Макаров (Саха сирэ) уонна Виталий Шадрин (Саха сирэ).
70 киилэҕэ: 1 - Олег Фомин (Саха сирэ), 2 Игорь Упхоев (Бурятия), 3 Саян Жигзымаев (Бурятия) уонна Вальтер Владимиров (Саха сирэ).
74 киилэ5э: 1 Станислав Свинобоев (Саха сирэ), 2 Албан Аввакумов (Саха сирэ), 3 Николай Сивцев (Саха сирэ) уонна Бургэд Жамсуев (Бурятия).
79 киилэҕэ: 1 Андриан Ленский (Саха сирэ), 2 Василий Кириллин (Саха сирэ), 3 Эдгар Кудаисов (Саха сирэ) уонна Тумэн Бодиев (Бурятия).
86 киилэҕэ: 1 Максим Судаков (Бурятия), 2 Буянто Шадапов (Бурятия), 3 Дьулустаан Калачев (Саха сирэ).
92 киилэҕэ: 1 - Сосо Тараян (Хабаровскай кыраай), 2 Фарид Кязимов (Еврейстай авт. обл.).
97 киилэҕэ: 1 - Никита Софронов (Саха сирэ), 2 Айтал Уйгуров (Саха сирэ). 3 Евгений Никифоров (Саха сирэ).
125 киилэҕэ: 1 Никита Хабаров (Саха сирэ), 2 Амгалан Бакшеев (Бурятия), 3 Эдуард Максимов (Саха сирэ).