Өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын 2019 сыл олунньу 21 күнүнээҕи 384 -дээх Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыл сайдыытыгар Сэбиэтин туһунан Ыйааҕын толоруу иһинэн улууспутугар тыл сайдыытыгар хамыыһыйа үлэлиир.
Үүммүт сылга тохсунньу 31 күнүгэр хамыыһыйа бастакы көрсүһүүтэ буолла. Тэрээһини хамыыһыйа бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, улуус баһылыгын социальнай уонна имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччы Альбина Григорьева салайан ыытта. Мунньахха элбэх этии, санаа этилиннэ. Кыра орто саастаах оҕолор сахалыы саҥарбат буолбуттарын бэлиэтээн, уһуйааҥҥа, оскуолаҕа үөрэтиигэ, төрөппүттэри кытта ыкса үлэҕэ болҕомтону ууруохха диэн этии элбэхтик иһилиннэ. Ону тэҥэ хамыыһыйа састаабыгар киирэн, Аҕа сүбэтин түмсүүтэ эмиэ үлэлэһэрэ наадатын ыйдылар.