Рекламный баннер 990x90px header-top
80.07
91.96
Рекламный баннер 728x90px center-top

УЛУУСПУТ БААҺЫНАЙ ХАҺААЙЫСТЫБАЛАРЫН УОННА КЭЭПЭРЭТИИПТЭРИН АССОЦИАЦИЯТЫН БЭРЭССЭДЭЭТЭЛЭ ТАЛЫЛЛЫННА

Муус устар 26 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун кээпэрэтииптэрин уонна бааһынай хаһаайыстыбаларын Ассоциациятын түмсүүтэ ыытылынна. Мунньахха 28 бааһынай хаһаайыстыбалар уонна кээпэрэтииптэр салайааччылара кыттыыны ыллылар.

Мунньаҕы тыа хаһаайыстыбатын салалтатын салайааччыта Иннокентий Семенов салайан ыытта. Саха сирин кээпэрэтииптэрин уонна бааһынай хаһаайыстыбаларын Ассоциациятын толорооччу дириэктэрэ Зарема Бочкарева Ассоциация ыытар үлэтин, инники былааннарын билиһиннэрдэ. Москва куоракка ыытыллыбыт Арассыыйа кээпэрэтииптэрин уонна бааһынай хаһаайыстыбаларын Ассоциациятын XXXIV сийиэһин туһунан биһиги улууспут дэлэгээттэрэ Тимур Десяткин уонна Денис Жирков иһитиннэрдилэр.

Бу түмсүү сүрүн сыала Мэҥэ Хаҥалас Ассоциациятын бэрэссэдээтэлин талыы буолла. Хандьыдааттарынан Доллу нэһилиэгиттэн Тимур Десяткин, 1-кы Наахараттан Наталья Данилова, 2-с Наахараттан Владимир Васильев уонна Мэҥэ нэһилиэгиттэн Ньургун Габышев турунан мустубут дьоҥҥо бэйэлэрин сыалларын-соруктарын, үлэҕэ көрүүлэрин кэпсээтилэр.

Хандьыдааттары истии кэнниттэн, тыа хаһаайыстыбатыгар өр сылларга үлэлээбит дьон бэйэлэрин санааларын этиннилэр. Куоластааһын түмүгүнэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун кээпэрэтииптэрин уонна бааһынай хаһаайыстыбаларын Ассоциациятын бэрэссэдээтэлинэн 19 куолаһы ылан Ньургун Габышев талылынна. Толорооччу дириэктэринэн улуус тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Нюргуяна Семенова ананна.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

23986
Рекламный баннер 728x90px center-bottom
Поделитесь новостями с жителями города
Если Вы стали свидетелем аварии, пожара, необычного погодного явления, провала дороги или прорыва теплотрассы, сообщите об этом в ленте народных новостей. Загружайте фотографии через специальную форму.
Рекламный баннер 200x200px sidebar-right
Рекламный баннер 200x200px sidebar-right
Полезные ресурсы