Рекламный баннер 990x90px header-top
79.46
91.19
Рекламный баннер 728x90px center-top

УЛУУСТААҔЫ АҺАҔАС "ТЭЙЭР ХААР" ХААРГА ВОЛЕЙБОЛ КҮРЭҔЭ ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭҔЭ БАСТАКЫНАН ЫЫТЫЛЫННА

Муус устар 16 күнүгэр Майа сэлиэнньэтин Комсомольскай болуоссат волейболлуур былаһааккатыгар өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан улуустааҕы аһаҕас Тэйэр хаар эр дьоҥҥо хаарга волейбол күрэҕэ ыытылынна.

Бу тэрээһин Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 100 сылыгар ананна. Хаҥалас, Нам улуустарын, Дьокуускай куораттан СК "Фаворит", 1-кы Тыллыма, Хара нэһилиэктэр, Майа сэлиэнньэтин хамаандалара кэлэн кыттыыны ыллылар.

Күрэх түмүгүнэн: 1 миэстэ Нам 2 миэстэ Лоомтука 3 миэстэ Хара 4 миэстэ Майя 5 миэстэ Хаҥалас 6 миэстэ Фаворит хамаандалара таҕыстылар.

Турнир бастыҥ оонньооччуларынан Василий Афанасьев, Игнатий Прохоров, Алексей Шепелев Хара уолаттара, Владимир Ларионов Лоомтука, Эркин Киров уонна Алексей Дьячковский Нам улууһун хамаандатыттан ааттаннылар.

Ону тэҥэ олоппоһу мээчигинэн табыы күрэҕэр Нам хамаандатыттан Павел Обутов, Саргылан Яковлев Лоомтука хамаандатыттан кыайыыны ситиһэн сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

24094
Рекламный баннер 728x90px center-bottom
Поделитесь новостями с жителями города
Если Вы стали свидетелем аварии, пожара, необычного погодного явления, провала дороги или прорыва теплотрассы, сообщите об этом в ленте народных новостей. Загружайте фотографии через специальную форму.
Рекламный баннер 200x200px sidebar-right
Рекламный баннер 200x200px sidebar-right
Полезные ресурсы